top of page

                                                                                            Мин хос эьэм сэрии геройа.

             Мин хос эьэм аата Попов Спиридон Матвеевич - (Таппыыс). Кини от ыйын 3 күнүгэр 1916 сыллаахха Ойуун Ууһугар Хаахынайдаахха "Кыһыл Былаах" холкуоска төрөөбүтэ. Эһэм сэриигэ 1941 сыллаахха Горнайтан барбыта. 1942 сыллаахха Чита - 2 байыаннай лааҕырга үөрэнэ сылдьан ыалдьан төннөн кэлбитэ. 1943 сыллаахха сэриигэ иккиһин ыҥырыллан үлэ фронугар сылдьыбыта. 1945 сыллаахха сэрииттэн эргиллэн кэлэн Октябрьскай нэһилиэгэр олохсуйбута. 

            Хос эһэм Спиридон Матвеевич хос эбээбинээн Кононова Степанида Яковлевналыын ыал буолан 6 оҕону төрөппүттэрэ. Сэрии кэнниттэн холкуоска, совхозка өр сылларга үлэлээбитэ,  кадровай булчут этэ. Эһэм элбэх саҥата суох, холку майгылаах эбит. Элбэх кинигэни ааҕара, "Улэ Күүһэ" хаһыат общественнай корреспондена, сонуннары суруйааччы этэ. Мин хос эһэм 1984 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр сүрэҕинэн ыалдьан өлбүтэ. 

            Хос Эһээм биһиги дьоллоох олохпутугар кыайыыны уһансыбыта! Мин эһээбинэн киэн туттабын!






 






 






 

bottom of page