top of page

                                                                    Мин хос эһээм Жирков Иннокентий Степанович

           Мин хос эһээм Жирков Иннокентий Степанович 1921 сыллаахха Күөрэлээх нэһилиэгэр холкуостаах 7 оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 4-c оҕоннон күн сирин көрбүтэ.

           Сүүрбэ биир сааһыгар 1942 сыллаахха аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан, Уралга 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр байыаннай бэлэмнэнии курсун барбыта. Салгыы Челябинскайга үөрэнэн артиллерист буолбута. 2041 пулеметнай артиллерийскай полка 65 артбиригээдэтигэр орудийнай нүөмэринэн сэрии бүтүөр диэри сулууспалаабыта. Смоленскай, Минскэй, Барановичи куораттары босхолоспута. Иккис Белорусскай фроҥҥа кыттыһан Кенигсберг, Беславо уонна да атын куораттары ылсыспыта.

Сэриини кыайыыннан түмүктэһэн, элбэх бойобуой мэтээллээх, уордьаннаах артиллерист төрөөбүт дойдутугар 1946 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ.

           Кэлэн олоҕун оҥостон, ойохтонон икки кыыс оҕолонон, сэттэ сиэннэнэн сэриигэ ылбыт контузиятынан, раненияларынан ыарытыйан 1988 сыллаахха  күн сириттэн букатыннаахты күрэммитэ.

Мин хос эһэбинэн киэн туттабын, уонна кини хорсун быһыытын холобур оҥостобун.

bottom of page